2019-06-12

Кымыстыы кутуллар ырыалар

Просмотров: 803

 

Скачать: «КЫМЫСТЫЫ КУТУЛЛАР ЫРЫАЛАР» II-c республикатааҕы Ыһыах ырыаларын күрэһин Б А Л А Һ Ы А Н Н Ь А ТА.

 

Ыһыах — өбүгэ саҕаттан көлүөнэнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн тиийэн — тиксэн кэлбит,

 

былыр былыргыттан симэлийэн сүппэккэ салҕанар үгэскэ кубулуйбут Ытык күммүт.

 

Саха норуотун самаан сайыны уруйдуур, үрүҥ күҥҥэ сүгүрүйэр бастыҥ — мааны Түһүлгэтэ.

 

Ыһыах үгүс үйэлэри уҥуордаан, Саха сирин араас муннуктарыгар тарҕанан, сылтан сыл ахсын тэнийэн, кэҥээн, сайдан, араас дойдулартан ыалдьыттардаах, элбэх омук түмсүүлээх ыытыллар буолла, атын дойдударга эмиэ ыытарга суолу тэллэ.

 

Саха омук Олонхото аан дойдуга билиннэ.

 

Саха сиригэр Олонхо Ыһыахтара тэриллэр үгэстэрэ үөскээтэ.

 

Дьыбардаах кыһыны этэҥҥэ туораан, күөх чээлэй оттоох самаан сайыны көрсөр,

 

чаҕыл күнү уруйдуур бастыҥ — мааны Түмсүүбүт, сандал астаах Ыһыахпыт.

 

Кырдьаҕастыын — эрэрдиин, оҕолуун — уруулуун күүтэр, айхаллыы көрсөр кэрэ кэммит.

 

Үс Хатыҥҥа ыытыллар «Туймаада Ыһыаҕа» саха үгэстэрин, сиэрин-туомун, ырыатын тойугун, оһуохайын, таҥаһын — сабын, оҥоһуктарын, оонньууларын көрдөрөр-иһитиннэрэр, тарҕатар, сайыннарар киэҥ түһүлгэтэ буолла.

 

Саха Ыһыахтара — тойук, оһуохай, олонхо, кылыһахтаах ырыалар көхтөөхтүк ылланар, хомус
тыаһа лыҥкыныыр, кыл тыыннаах дорҕооно, кырыымпа оонньуута дьиэрэйэр, оһуор, кыталык
үҥкүүтэ сүрүн киэргэллээх түһүлгэлэрэ.

 

Көрбүт — истибит, сылдьыбыт, сөҕө — махтайа хайгыыр, норуот эйэлээх түмсүүтүн түһүлгэтэ.

 

Дьон — сэргэ үөрдэҕинэ — көттөҕүнэ ыллыыр — туойар, билигин, норуот ырыаларын, сахалыы эстраднай, этно — фольклорнай хабааннаах ырыалары кыра оҕотуттан аҕам саастаах дьонугар тиийэ ыллыырын сөбүлүүр.

 

Саха дьоно бэйэтин омугун ырыатын таптыыр. Дэлэҕэ даҕаны биһиги республикабытыгар Ырыа Күнэ ыытыллар.

 

Этэҥҥэ олорор дойдуга эрэ дьоллоох ырыа дьиэрэйэр, дьолтон айыллыбыт ырыа үөрүүгэ ылланар. Ыһыах — саха дьонун Үөрүүлээх Күнэ.

 

Ыһыах үөрүүтүн үрдэтэ, самаан сайыны, Үрүҥ тунах Ыһыаҕы уруйдуур, сахалыы тыыннаах, сахалыы куттаах кылыһахтаах ырыалары көтүтэр, кылыһах тыыннаах дорҕоонун
дьиэрэтэр, эһиэхэйи тэрийэр Үрүҥ тунах Ыһыахпыт.

 

Саха Ыһыаҕа уопсай бары норуоттар доҕордоһууларын түмэн саха норуотун бастыҥ — мааны Түһүлгэтэ — соҕотох улахан бырааһынньыгын быһыытынан үйэлэргэ хааларын туһугар дьиҥ сахалыы күрэстэри, оонньуулары, ырыаны — тойугу сыл ахсын кэҥэтэн, сайыннаран иһэрбит кэрэхсэбиллээх.

 

Итинник санаанан салайтарын Ыһыах ырыаларыгар ΙΙ Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кымыстыы кутуллар ырыалар» — диэн күөн – күрэскэ ыҥырабыт. Бэс ыйын 29 күнүгэр 16 №-дээх Норуоттар Доҕордоһууларын дьиэтин түһүлгэтигэр, 16.00 чаастан кэлэн кыттыыны ыларгытыгар күүтэбит.

 

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс сулууспата.

Поделиться

Переход на предыдущую и следующую статью