Бэс ыйа – сайыҥҥы кэм саҕаланыыта.
Бу ый – Үрүҥ Айыы Тойон ыйа. Кини бары Айыылар баһылыктара. Аан дойдуну айбыт сүдү, саамай күүстээх Айыы буолар. Алгыһы, уруйу-айхалы кытта аргыстаһа сылдьар буолан, кини кыаҕа-күүһэ муҥура суох улахан, туох барыта ситэр-тупсар, сириэдийэр. Кэҕэ кыыл этэн чоргуйар, чыычаахтар ырыалара дьиэрэйэр, күөнэх балык барылаччы ыыр кэмэ.